«Баай Байанай» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах оонньуу – курэх сценаарыйа.
Язык издания: русский
Периодичность: ежедневно
Вид издания: сборник
Версия издания: электронное сетевое
Публикация: «Баай Байанай» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах оонньуу – курэх сценаарыйа.
Автор: Сысолятина Вероника Андреевна
«Баай Байанай» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах оонньуу – курэх сценаарыйа.Иитээччи: Сысолятина В. А.Сыала: Байанай нэдиэлэтигэр анаан ыытыллыбыт улэни тумуктээьин. Саха киьитин торут дьарыга булт туьунан, о5олор билиилэрин чинэтии, обугэлэр угэстэрин, булт сиэрин-туомун салгыы бииьиннэрии. Айыл5а5а тапталы, харыстабыллаах сыьыаны иитии. Туттар тэриллэр: экран, проектор, ноутбук, «ойбон» - обруч, «кустар» - кегли, «хайыьар» - пластиковай бытыылкалар, остуол оонньуута «Балыксыт».– Утуо кунунэн о5олоор! Бугун биьиги Баай Байанайга аналлаах нэдиэлэбитин тумуктуур оонньуу – курэххэ муьуннубут. Оонньуохпут, курэхтэьиэхпит иннинэ бу нэдиэлэ устата тугу билбиппитин – корбуппутун хатылыахпыт.«Кыьын» туьунан бэсиэдэлэьии.– Алтынньы, Сэтинньи ыйдар ыйдар – Байанай ыйдара диэн ааттаналлар. Бу ыйга булчуттар ыраах бултуу-алтыы баралар. Кунду туулээ5и эккирэтэллэр, эьэкээннэригэр уомэлэр, айах туталлар. Отуу-маьы алдьатыам суо5а, наадыйарбын эрэ ылыам диэн анда5ар этэллэр.– Байанай алгыьын иьитиннэриэхпин ба5арабан.Байанай алгыьаБаай хара тыам иччитэБараанкы суурук аттаах,Куех тиин уор5ата угунньалаах,Киис кыыл кэтэ5ин килбиэнэ кэтинчэлээх,Саарба кыыл самыытын таалыра са5ынньахтаах,Уоттаах саьыл кутуруктуун уор5ата туьуулуктээх,Муостаах буур кэрэмэс тыьа бэргэьэлээх,Байдам тутуу, барылы кэскил,Баай Байанай Тойон эьэм!Бэттэх бэттэх буол,Истэ-билэ сэргэ5элээ!Куех тыа куенун анныгарКулуктэнэн тураннын,Куллэрэстээн кулум аллайа тоьуй эрэ,Тойон эьэм!Уел-дьуелгэ уьуурэннинУтуе туулээххин-кылааннааххынУурэн-туруйэн а5ал эрэ,Тойон эьэм!– Былыр-былыргыттан сахалар айыл5аны кытта алтыьан уескээбит буоламмыт, айыл5алыын ыкса сибээстээхпит. Саха булчута бултаан дьиэ кэргэнин иитэр-аьатар, таныннарар. Ол иьин саха киьитэ тулалыыр эйгэтин тыынын, ис дууьатын, отун-маьын, уунээйитин кытта мэлдьи утуе санаанан салайтаран кэпсэтэ-ипсэтэ, кердеье-ааттаьа, унэ-суктэ сылдьар урдук итэ5эллээх, киьини айыл5а аьатан, биэбэйдээн, иитэн олорор диэн саныыр. Онон саха киьитэ айыл5аны «Ийэ сир, сир ийэ» диэн минньигэстик ааттыыр, бэйэтин «айыл5а о5отобун» диэн ейдуур ...«Сэтинньи ый – Баай Байанай ыйа»презентация кордоробун.– О5олор, биьиги бугун Утуокэн угэстээх, Сээркээн сэьэннээх, оттук харалаах Баай Байанайга аналлаах курэххэ кыттыахпыт.– Кыттыаххытын ба5ара5ыт дуо? О5олор: Ба5арабыт.– Курэхпитин са5алыахпыт иннинэ «Маннайгы хаар» - диэн ырыатыбытын ыллыаххайын эрэ!Ырыа «Маннайгы хаар».О5олор бары ыллыылар– Маладьыастар. Олус да учугэйдик ыллаатыгытыт. Чэ, о5олор, курэхпитин са5алыахха.Бастакы курэхпитинэн таабырын таайсыыта буолуо. Билигин биьиги, ойуур оло5ун, бултка туттуллар тэриллэр ааттарын тоьо билэрбитин билиэхпит.– Таабырын таайбыт о5о5о фишка туттаран иьиэ5им. Саамай элбэх фишканы ылбыт о5о бу курэххэ кыайыылаах буолуо5а. Бол5ойон истэбит, хаьытаабаппыт, илиибитин уунан эппиэттиибит. Таабырын таайсыыта: Улахан балыктааhынна туттуллар тэрил аата? (Мунха)От-мас аьылыктаах ойуоккалаан о5онньор баар уьу (Куобах)Балыктааhынна киhи сыратын ылбат, бириэмэтин сиэбэт ханнык тэрил туттулларый? (Туу)Бииргэ миинниллэр икки ат баар уьу (Хайыьар)Ойбонтон балыктыырыга ханнык тэрили тутталларый? (Куйуур)Былыр саа суох эрдэ5инэ куоба5ы ханнык ньыманнан бултуур этилэрий? (Туhах, туhахтааhын)Тор-тор торулуур маьы тонсуйар баар уьу (Тонсо5ой)Куhу былыргы сахалар тугунан бултуулларай? (Ох саа, айа)Отонноо5ор оччугуй, о5устаа5ар куустээх баар уьу (Бууддьа)Сонордьут булчут саhыл, боро сылдьар суолугар тугу уурарый? (Хапкаан)Ууга киирдэ5инэ балык, кытыыга та5ыста5ына кыыл баар уьу (Урун эьэ)БаЬаам элбэх аанынан ким да тахсыбат уьу (Илим)Ууга олохтоох,от аьылыктаах кыыл баар уьу (Андаатар)– Тыый, таабырыннары барытын сопко таайдыгыт дии. Маладьыастар. Саамай элбэх фишканы ким ылла?О5олор эппиэттэрэ:– Чэ, о5олор, салгыы иккис курэхпитин са5алыыбыт.«Кемус хатырыктаах».– «Кемус хатырыктаах» - диэн курэхпит быраабылата боростуой. «Ойбонно» (обруч) иьиттэн эьиги иккилии буолан куогуннэн балык хаптарыахтааххыт. Илиигитинэн тыппаккыт. Ити куогу магниттаах уонна балык айа5ар эмиэ магнит баар. Куогуннэн балык айа5ын таарыйдаххытына сыстан хаалыахтара, ону эьиги бу биэдэрэ5э ууран иьиэхтээххит. Куогуннэн балыгы бириэмэ5э хаптара5ыт. 2 мунуутэ иьигэр ким саамай элбэх балыгы хаптарбыт, эмиэ фишка ылар. Ойдонно? Чэ, са5алаатыбыт!О5олор иккилии буолан туран «ойбонтон» куогулууллэр. – Соп, маладьыастар! Ким саамай элбэх балыгы хаптарда?О5олор эппиэттэрэ:– О5олоор, «Булчут» кыра5ы харахтаах, эрчимнээх илиилээх буолар онон билигин ким саамай сытыы харахтаа5ын, сымса илиилээ5ин билиэхпит. Уьус курэхпитин аата «Булчут» диэн.«Булчут».– «Булчут» - диэн курэхпит быраабылата маннык, ойдоон истэбит. Кустары (кеглилары) туруортуубут. Эьиги мээчигинэн быра5ан кустары (кеглилары) суулларыахтааххыт. Манна эмиэ ким саамай элбэх кус (кегли) суулларбыт о5о фишка ылар. Ойдоотугут?О5олор эппиэттэр:– Чэ, са5алаатыбыт. Бастаан эмиэ икки о5о тахсар.– Маладьыастар, ким саамай элбэх кус (кегли) суулларда?О5олор эппиэттэрэ:– Чэ, эрэ о5олор салгыы истэбит. Ханнык ба5арар булчут бэйэлэрэ миинэр кололоох уонна кыьынны тонуу хаарга атахтарыгар кэтиллэр хайыьардаах буолаллар. Ол хайыьардарынан тургэнник суурэр, сырылыыр буолуохтаахтар. Онон билигин ким сымса, тургэн атахтаа5ын билиэхпит. Салгыы тордус курэхпит «Хайыьарынан хаамтарыы» диэн буолар.«Хайыьарынан хаамтарыы» – «Хайыьарынан хаамтарыы» - курэхпит быраабылата маннык, эмиэ бол5ойон истэбит. 2 хамаанда5а арахсабыт, бастаан иннигэр турар 2 о5о барар. Аттыгытыгар «хайыьардар» (пластиковай бытыылка) сыталлар. Хамаанда биэрдэхпинэ, хайыьары кэтэ охсо5ут, ол турар бэлиэни суурэн тиийэн эргийэн кэлэ5ит. Хайыьаргытын уста охсон табаарыскытыгар биэрэ5ит. Бутэьик о5олор суурэн кэлиэхтэригэр дылы. Бастаабыт хаманда5а эмиэ фишка биэрэбит. Ойдоотугут дуо, о5олоор? О5олор эппиэттэр:– Оччо5о бэлэмнэнин, курэхпит са5аланар.О5олор икки хамаанда5а арахсан курэхтэьэллэр. – Маладьыастар! Кимнээх хамаандалара кыайда?О5олор эппиэттэрэ:– О5олор былигин хамсаныылаах оонньуу оонньуубут дуо?О5олор эппиэттэрэ:– Оонньуубут аата «Куобахтар уонна боро».Х/Оо «Куобахтар уонна боро».– Оонньуубут быраабылата боростуой. Биир о5о боро буолар, атыттар бары куобахтар буола5ыт. Ойуурга куобахтар оонньуу сырыттахтарына боро хороонуттан тахсан кэлэн куобахтары эккирэтэр. Тутан ылбыт куоба5ын хороонугар илдьэ барар. Ойдоотугут. Чэ, оонньуубутун са5алыа5ын!4 – 5 оонньуубут.Тумук. – О5олоор, Биьиги аар тай5абытын, тулалыыр айыл5абытын мэлдьи харыстыа5ын! Оччо5о эрэ котор-суурэр уксуу туруо, Баай Байанайбыт араас булдунан кундулуу туруо!– Манан биьиги бугунну Баай Байанайга аналлаах оонньуу – курэхпит тумуктэнэр. Саамай элбэх фишканы ким ылла? Ус элбэх фишкалаах о5олорго Баай Байанай хартыскатын бэлэх уунабыт. Эьиил улаатан оссо элбэ5и билэн Баай Байанай курэ5эр кыттаарын.О5олорго Баай Байанай хаартыскатын тунэтэбин.